Сергей Зверев – Кыыл Уола 120 сылыгар аналлаах Ытык Бэлиэ – Нам улууһугар

Кулун тутар 6 күнүгэр Кэбээйи улууһун Сангар нэһилиэгиттэн РСФСР культууратын үтүөлээх үлэһитэ ССРС, суруйааччыларын союһун чилиэнэ ,Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятэля, Үлэ Кыһыл Знамя уордьанын икки төгүллээх кавалера, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, норуот ырыаһыта Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар анаан оҥоһуллубут ЫТЫК бэлиэ ыалдьытымсах Нам сиригэр Хатырык нэһилиэгэр туттарыллан 6 нэһилиэгинэн кэрийэн кулун тутар 10 күнүгэр Уус –Алдан Баатаҕай нэһилиэгэр үөрүүлээхтик атаарыллынна.