«Кылыһахтаах тойукпут кыырайа көттүн!»

тойуксуттар өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн-күрэстэрин  торума

Буолар күнэ-дьыла: бэс ыйын 29 күнэ, 2024 с. 

Ыытыллар миэстэтэ: Дьокуускай куорат,  Үс Хатыҥ, 7 №-дээх түһүлгэ. Тойук тоҕойо  

Бириэмэтэ: 17.00 ч. Мустуу: 16.00 ч.

Тэрийээччилэр:

– Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтэ;

– Дьокуускай куорат култуураҕа салаата;

– Арчы Дьиэтэ;

Күөн-күрэс сыала-соруга:

• Норуот тылынан уус-уран айымньытын тойугу үйэтитии, харыстааһын уонна тарҕатыы.

• Саха тылын кэрэтин иҥэриммит, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит

кылыһахтаах тойукка үүнэр көлүөнэни уһуйуу.

• Кэрэ куоластаах, уус-уран тыллаах тойуксуттары истии, тойугу

истэр, сэҥээрэр эйгэни кэҥэтии.

• Саҥа талааннары арыйыы.

Күөн-күрэс ирдэбилэ:

• Күөн-күрэскэ улуустар ыһыахтарыгар бастаабыт биирдиилээн, дьиэ кэргэнинэн уонна о5олор  бөлөҕүнэн толорооччулар кытталлар:

• 1 бөлөх – идэтийбит тойуксуттар. Бу түһүмэххэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэспит, кыттыбыт, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тойуксуттара кытталлар (утары анал тиэмэ бэриллэр).

• 2 бөлөх – тойугу саҥа саҕалаан туойааччылар. Эрдэ тойуктарын

бэйэлэрэ бэлэмнэнэн кэлэллэр.

• 3 бөлөх – тойуксуттар бөлөхтөрө. Дьиэ кэргэнинэн кыттыы биһирэнэр

(сааһынан, ахсаанынан хааччаҕа суох, эбээ, эһээ, хаан-уруу аймах  кыттара көҥүллэнэр).

4 бөлөх  – оҕолор бөлөхтөрө. Сааһынан, ахсаанынан хааччаҕа суох.

• Тойугу толоруу бириэмэнэн хааччахтаммат.

• Толорооччу сахалыы таҥастаах буолара ирдэнэр.

Кыайыылааҕы быһаарар сүрүн ирдэбиллэр:

• Этэр тылын чуолкайа, таба тыыныыта, уһун тыына.

• Туойар тылын ууһа.

• Куолаһын кэрэтэ, кылыһаҕын тардыыта.

• Сахалыы таҥаһа.

Тэрээһин ирдэбиллэрэ:

•  Кыттааччы кэлэр-барар ороскуотун, аһылык ороскуотун бэйэтэ

уйунар.

• Ыйыллыбыт кэмҥэ кэлбэтэх кыттааччылар күөн-күрэстэн туорууллар.

• Паспорт, СНИЛС, ИНН, баан реквизиттарын куопуйаларын илдьэ кэлэрэ булгуччулаах.

• Кыттааччылар сайаапкаларын бэс ыйын 25 күнүгэр дылы ыыталлар.

• Сайаапкалар күөн-күрэс бириэмэтигэр ылыллыбаттар.

• Күөн-күрэс балаһыанньатын rdnt.ykt.ru сайтка көрүөххүтүн сөп.

Биһирэбил көрүҥнэрэ:

• Бастакы бөлөххө Кылаан чыпчаал бириис.

• Иккис бөлөххө I, II, III үрдэллэр олохтоноллор.

• Оҕолор бөлөҕүнэн, дьиэ кэргэнинэн толорууга I, II, III үрдэллэр олохтоноллор.

• Анал ааттар иҥэриллэллэр (хас биирдии көрүҥҥэ 5-тэн итэҕэһэ

суох буолуохтаах)

• Хас биирдии кыттааччыга Туймаада Ыһыаҕын  туоһу суруга туттарыллар.

• Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх.