Оһуохай – норуоппут үйэлээх баайа

Ыам ыйын 27 – 28 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтэ төрүт үҥкүүбүтүгэр аналлаах форум тэрийэр.

Оһуохай – норуот тылынан уус-уран айымньытын биир бэлиэ көрүҥүнэн буолар.  Оһуохай тылын ис хоһооно ойуулуур-дьүһүннүүр эгэлгэтэ олоҥхо курдук баай, киэҥ, дэлэгэй. Оһуохайы  төгүрүччү туран тылы таһаарааччыны үтүктэн ыллыы-ыллыы, күнү батыһа хааман толоруллар үҥкүү.

Сахалар сиэр-туом тутуһар сүрүн бырааһынньыкпыт — ЫҺЫАХ — бу бырааһынньыкпыт үҥкүүтэ суох былыр да,  быйыл да ааспат. Былыр былыргыттан ыһыах саха дьоно айыыларга үҥэр-сүктэр,айылҕаны кытта алтыһар кэмнэрэ буолар. Ол да иһин тэриллэр болдьоҕо күн муҥутаан уһаабыт кэмигэр, от-мас силигилии ситэн турдаҕына ыытыллар.  Айыылары кытта алтыһар, кинилэргэ сүгүрүйэр, кинилэртэн көрдөһөр сүрүн ньыманан оһуокай буолар.  

Саха оһуокайын суолтатын уонна сайдыытын сыаналаан 2022 сыл  дойду үрдүнэн биллэриллибит Россия норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылыгар, ону сэргэ Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката тэриллибитэ 100 сылыгар саха норуотун ураты дириҥ суолталаах ытык үҥкүүтэ – оһуохай – киһи аймах өйүнэн айбыт үйэлээх баайын кылаан чыпчаала буолбута.

Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн  «Оһуохайы» харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 2023 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Оһуохай күнүн ыам ыйын 25 күнүгэр  олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.

Быйылгы дьылга оһуохайбыт, төрүт үҥкүүбүт өссө киэҥ далааһыннаахтык сайдарыгар анаан Саха Бырабыыталыстыбата 2025-2030 сылларга  биир кэлим Бырагыраама ылынна. Ол чэрчитинэн Норуот айымньытын Дьиэтэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыытарга кэккэ соруктары ылынныбыт. Ол курдук хас нэһилиэк, улуус аайы төрүт үҥкүүбүтүгэр анаан Айар мастарыскыайдары аһан үлэлэтиэхпит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай бибилитиэкэтин кытта бииргэ үлэлэһэн “Культурный код Якутии” оһуохайдьыттары киллэриэхпит, “Айар” кинигэ кыһатын кытта  оһуохайдьыттар энциклопедиялара тахсыахтаах. Ити курдук оһуохай – төрүт өбүгэбит үҥкүүтэ уруккуну  уонна саҥа кэми,  көлүөнэлэри ситимниир мэҥэ бэлиэбит саҥа  уйэ киһитигэр, обществоҕа   бу уларыйа турар дьалхааннаах кэмҥэ   чөл туруктаах, сайаҕас санаалаах, кэскиллээх, сайдар кыахтаах буоларыгар  итэҕэлбит, сиэрбит-туомут    чиҥ тирэхпит, сайдар сарсынҥыбыт буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.